Бу дьыл муус устар 16 күнүгэр Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж устудьуоннарын театрын эдэр артыыстара, Хатырыкка М.К. Аммосов аатынан СР государственноһын историятын музейыгар сырыттылар. Бу туһунан колледж преподавателэ, биир дойдулаахпыт Иван Новиков иһитиннэрэр.
Эдэр артыыстар “Семинария паартаттыттан Автономия трибунатыгар” диэн спектакльга сүрүн оруолларга оонньуур оҕолор. Санатар буоллахха, автономия төрүттэниитин саҕахтарыгар турбут, сахабыт уһулуччулаах уолаттара: М. Аммосов, П. Ойуунускай, И. Барахов, С. Аржаков уо д. а. кырдьык иһин, көҥүл иһин бастакы революционнай өйдөрө – санаалара уһуктубут, төлөннөөх доҕордоһуулара үөскээбит сирдэрэ, бу билиҥҥи С.Ф. Гоголев аатынан Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж истиэнэлэрэ буолаллар.
Үбүлүөйдээх сылга колледж “Они стояли на истоках образования ЯАССР” диэн бырайыак толкуйдаан, ол иһинэн студенческай театр тэринэн “Семинария паартатыттан Автономия трибунатыгар” диэн спектакль бэлэмнии сылдьаллар. Онуоха устудьуоннар оруолларын чиҥэтэ, государственнай, политическай деятеллэр үтүө, сырдык ааттарыгар сүгүрүйэ, Максим Аммосов олоҕун уонна үлэтин билистилэр. Спектакльтан быһа тардан хоһоон аахтылар, ролик уһуллулар.
Аара Хатыҥ Арыы нэһилиэгэр тохтоон И.Е. Винокуров аатынан музейга сырыттылар. Саха норуотун аччыктааһынтан өрүһүйбүт Илья Егорович олоҕун туһунун сиһилии билистилэр.
“Семинария паартатыттан Автономия трибунатыгар” диэн спектакль сценарийын П. Ойуунускай айымньыларыттан, “Учительству сердце отдаю…” колледж историятын кинигэтиттэн, Д.Ф. Наумов “Республика” – пьесатыттан, И.П. Пестряков “Максим Аммосов бастакы политическай хардыылара” кинигэттэн уо. д. а. литератураны туһанан, таҥан суруйда туруорааччы режиссер, Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж преподавателэ Иван Новиков.
Подробнее: https://xn--h1aaigu4ed.xn--p1ai/article/51979