Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж уһуйаан иитээччилэрин бэлэмниир салаатын «Чэгиэн оҕо» бырайыагын чэрчитинэн тэриллибит «Оҕо этин-сиинин сайыннарыыга сахалыы тылынан методическай, дидактическай матырыйааллар» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруһа түмүктэннэ.
Күрэххэ өрөспүүбүлүкэ (Амма, Кэбээйи, Мэҥэ-Хаҥалас, Нам, Орто Халыма, Үөһээ Бүлүү) улуустарын уонна Дьокуускай куорат уһуйааннарын 16 иитээччилэрэ кыттыыны ыллылар. Иитээччилэр оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго сахалыы тылынан иитии-үөрэтии үлэтигэр бэйэлэрэ айбыт-оҥорбут оҕо этин-сиинин сайыннарарга аналлаах методическай уонна дидактическай матырыйаалларын дьүүллүүр сүбэ сыаналаата.
Күрэх түмүгүнэн Орто Халыма улууһун, Хатыҥнаах бөһүөлэгин “Чэчир” уһуйаанын иитээччитэ Лаптева Л. Н. (Методическай матырыйаал хайысхата) уонна Дьокуускай куорат 8 №-дээх «Родничок» уһуйаанын иитээччитэ Павлова Р. А. кыайыылаах үрдүк аатын сүктүлэр. Кыттыыны ылбыт иитээччилэргэ туоһу суруктар туттарылыннар.
Күрэххэ киирбит үлэлэр иитээччи идэтин талан ылбыт колледж студеннарын үөрэҕэр, «Кустук» бырагыраамма УМКта оҥоһулларыгар эбии матырыйаал быһыытынан туттуллуохтарын син.