Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүн көрсө Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Аман өс” араатардар күрэхтэрэ бүгүн, олунньу 9 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай библиотекатыгар ыытылынна.
Күрэххэ Мэҥэ Хаҥаластан, Үөһээ Бүлүүттэн, Бүлүүттэн, Намтан, Тааттаттан уонна Сунтаартан уонна Дьокуускай куораттан 36 эдэр киһи кытынна. С.Ф. Гоголев аатынан Дьокуускайдааҕы педколледж аатыттан Ефремов Дархан ФК-23А, Прокопьев Ян ФК-21 уонна Петрова Оксана ДО-23Б сүрдээх үчүгэйдик көхтөөхтүк кытыннылар.
Күрэх икки түһүмэҕинэн ыытылынна. Иккис түһүмэххэ тоҕус бастыҥ этээччи ааһан, үс кыайыылаах аата ааттанна, ону таһынан “Сайдам этээччи”, “Кэскиллээх этээччи”, “Биһирэмнээх этээччи” диэн анал ааттары уонна урбаанньыт, 2001 сыллаахха “Аман Өс” кыайыылааҕа Геннадий Жирков анал бирииһин 5 тыһыынча солк., тыл билимин дуоктара, литературовед Варвара Окорокова ааптар илии баттааһыннаах тус кинигэтин уонна 5 тыһыынча солк. туттардылар.
“Сайдам этээччи” анал ааты С.Ф. Гоголев аатынан Дьокуускайдааҕы педколледж устудьуона Оксана Петрова ылла.