«Саха төрүт тылын, суругун – бичигин күнүн» бэлиэтиир «САХАЛЫЫ ДЬЫКТААН»

«САХА ОМУК ТЫЛА

ҮРҮЙЭ УУТУН КУРДУК СЭРГЭХ,

СИР СИМЭҔИН КУРДУК СИЭДЭРЭЙ…” Амма Аччыгыйа

 

«Саха төрүт тылын, суругун – бичигин» күнүгэр аналлаах олунньу 13 күнүгэр «Алын сүһүөх кылаас учууталларын бэлэмниир салаа» С.Ф.Гоголев аатынан Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж үрдүнэн «Саха төрүт тылын, суругун – бичигин күнүн» бэлиэтиир «САХАЛЫЫ ДЬЫКТААН» уонна «АМАН ӨС» күрэһин биллэрэн, устудьуоннары, учууталлары  бэлэмнээн сүрдээх тэрээһиннээхтик ыытта.

Сыала – соруга: Төрүт тыл, сурук – бичик култууратын суолтатын үрдэтии, билиини хаҥатыы, таба суруйуу үөрүйэҕин олохсутуу, үүнэр – көлүөнэ педагог төрүт тылынан суруйар, ааҕар, кэпсиир, көнүл саҥарар дьоҕурун сайыннарыы.

Сахалыы дьыктаан суруйуутугар уопсайа 142 киһи кытынна, 120 устудьуон, 22 – колледж үлэһиттэрэ уонна учууталлара. Дьыктаан – быһа холоон30 мүн. тэрилиннэ. Н.Е.Мординов – Амма Аччыгыйа Сааскы кэм арамааныттан, төрдус түһүмэҕиттэн быһа тардан бэрилиннэ. Уопсай сыанабылынан устудьуоннар да, учууталлар, үлэһиттэрда көхтөөхтук кытыннылар, тус билиилэрин, таба суруйууларын чопчулуур эйгэҕэ киирэн өрө көтөҕүүлээхтик үлэлээтилэр.

Сахалыы дьыктаан – 2018 сыллааҕы түмүгэ:

1 миэстэ – Бравина Айкуо ПвНК 16 б;

2 миэстэ –  Аргунова Сардана ПвНК 17 б, Афанасьева Марина ПвНК 15 а;

3 миэстэ – Кычкина Евдокия ПвНК 15 а, Павлова Снежана ПвНК 15 а.

Учууталларга уонна үлэһиттэргэ:

1 миэстэ – Санникова Э.И. омук тылын учуутала;

2 миэстэ – Волкова М.В. нуучча тылын учуутала, Фадеева П.В. нуучча тылын методикатын учуутала, Федорова М.Г. алын сүһүөх кылаас учууталларын бэлэмниир салаа педпрактикатын сэбиэдиссэйэ;

3 миэстэ – Данилова К.Е. оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолору иитэччитин бэлэмниир салаа учуутала.

Бүтүн колледж үрдүнэн тэриллибит Сахалыы дьыктааннары бэрэбиэркэлээбит, сурук – бичик алҕаһын буларга, сыанабыл таһаарбыт учууталларбытыгар Сергеева С.М., Сорокоумова М.Г., Таркова А.П., Федорова М.Г., Григорьев В.М., Дмитриева Н.В. барҕа  махталбытын тиэрдэбит!

изображения не найдены

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *