Бу а5ыс иилээх –са5алаах, атааннаах –мөҥүөннээх Аан Ийэ дойдуга олох олорорго ананан үөскээбит хайа да омук бииһин ууһа, үтүмэн үгүс үйэлэргэ эстибэтин, үүнэ–эбиллэ турдун диэн, Үрдүкү Аар Тойонтон киһи –аймах аҥара дьахтар буолан айыллыбыт эбит. Олоҕу салгыыр аналлаах кыыс оҕо, күн сирин көрдөҕүнэ, аал уот тигинэччи оттуллар , үөрүү саламаата астанар, өрөгөй ырыата тардыллар. Сахалар кыыс оҕону ытыктаан, таптаан: «То5ус туйумуулаах тунал маҥан халлаан “Туйаарыма Куо» – диэн ааттыыллар. кыыс ол курдук күндү, кэрэ.
Сэтинньи 19 күнүгэр,
«Ийэ омук тыына, саха кыыһа кэскилбит» CӨ Ийэ сылыгар анаан кэрэ аҥардарга аналлаах хамаанданан күөн түһүлгэ ыытылынна.
Бу үөрүүлээх түһүлгэни кэрэ үҥкүүлэринэн арыйдылар Аан дойдутааҕы, региональнай, Өрөспүүбүлүкээнискэй күрэстэр, бэстибээллэр лауреаттара, дипломаннара “Алаас кыргыттара” үҥкүү коллектива, сал: САХААССР культуратын туйгуна Елена Степановна Прокопьева.
Күрэххэ уопсайа 11 хамаанда кыттыыны ылла. Ол курдук, Горнайтан, Намтан уонна Дьокуускай куорат араас уопсустубаннай түмсүүлэриттэн кыттыыны ыллылар.
Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр:
– СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, “Арчы Дьиэтэ» духуобунай култуура киинин салайааччыта Лариса Константиновна Андреева;
– СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, «Мааны Мандар” Арчы Дьиэтин иһинэн үлэлиир иис тумсуутун иистэнньэнэ Ирина Васильевна Абрамова;
– НВК “Саха” жуналиһа, “ Күн Дэлэйэ” биэрии ыытааччыта Екатерина Эверстова;
– Арчы Дьиэтин специалиьа Алексей Николаевич;
– Саха Республикатын остуол оонньууларын Федерациятын чилиэнэ, республиканскай категориялаах судьуйа, Алексеева Капитолина Михайловна.
Күрэс түмүгүнэн кыайыылаахтарынан буоллулар:
“Кэскиллээх кыттааччы” – “Чуорааннар” бөлөх, Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж устудьуоннара, хамандыыр Айталина Попова
Кыайыылаахтары ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибит!
Кунду кэрэ Куоларбытыгар баҕарабыт, иэримэ дьиэҕит иччитэ, мэлдьитин эһиги диэки сылаас, истиҥ иэйиитинэн сыдьаайа туруоҕун. Айыыһыккыт аргыстастын, иэйиэхсиккит эҥэрдэстин. Дьоллоох буолуҥ, доруобай буолуҥ!