П.А.Ойуунускай аатынан Саха театра биир иллээх дьиэ кэргэн курдук, үтүө үгэстэрин өрө тутан, эмэнтэн сэһэнин – эдэртэн эйэтин бэрсиһэн, истиҥ сыһыан ухханыгар, саҥа саҕахтарга бииргэ эрдинэн айарга – тутарга, театральнай искусство удьуор утумун салгыы, бэйэлэрин истэриттэн үүннэрэн таһаарбыт эдэр эрчимнээх салайааччыларыгар П.Т.Макаровка туттарбыттарын, кинини саҥа дириэктэринэн талбыттарын бары сөбүлүү истибиппит.
Бу иннинэ өр сылларга Саха театрын дириэктэринэн таһаарыылаахтык үлэлээн кэлбит Россия үтүөлээх, Саха Өрөспүүбүлүкэтин народнай артыыһа А.П.Николаев саҥа саҕахтарга үөрэнээччитин, солбуйааччытын таһаарбытын ытыгылыы ылыммыппыт.
Үүммүт 2022 сылга сахабыт автономиятын төрүттэниитэ 100 сыллаах өрөгөйдөөх, үбүлүөйдээх сылыгар анаан, икки сыл кэриҥэ турбут хааччахтан тахсан, сахабыт литературатын классига Эрилик Эристиин «Маарыкчаан ыччаттарын» театр биллиилээх, ураты тыыннаах, кыраҕы көрүүлээх, аатырбыт режиссера С.Потапов туруоруутунан толору көрөөччүлээх премьералар саҕаламмыттара.
Саха театрыгар ыаллыы турар С.Ф.Гоголев аатынан Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж студеннара саҥа арыллыбыт пушкинскай карталарынан көхтөөхтүк сырыттылар. Спектакль нөҥүө дойдубут будулҕаннаах историятын, суостаах кэмнэрин тутан олорон көрөн, кырдьыктаах оонньууну итэҕэтиилээхтик ылыннылар. Театр алыптаах эйгэтэ эдэр туҥуй сүрэхтэри ириэрэ, өйү – санааны уһугуннара, кэрэҕэ, үтүөҕэ дьинээхтик, умнуллубаттык умсугутта.
Быйылгы автономиябыт 100 сылыгар даҕатан эттэххэ, автономия төрүттэниитин саҕахтарыгар турбут, сахабыт уһулуччулаах уолаттара: П.Ойуунускай, М.Аммосов, И.Барахов, С.Аржаков, С.Васильев, С.Гоголев, М.Мегежекскай уо д. а. оччотооҕу саха бастакы үөрэҕин кыһата Дьокуускайдааҕы учуутал семинариятыттан үөрэнэн, куорсун анньынан тахсыбыттара.
Кинилэр тутуспутунан бииргэ үөрэнэ сылдьан, кырдьык иһин, көҥүл иһин бастакы революционнай өйдөрө – санаалара уһуктубут, төлөннөөх доҕордоһуулара үөскээбит сирдэрэ бу билиҥҥи С.Ф.Гоголев аатынан Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж истиэнэлэрэ буолаллар.
Онон, бу үбүлүөйдээх сылга колледж “Они стояли на истоках образования ЯАССР” диэн бырайыак толкуйдаан, ол иһинэн студенческай театр тэринэн “Семинария паартатыттан автономия трибунатыгар” диэн спектаклы туруорар үлэ бара турар.
Бу маннык кэрэхсэбиллээх бырайыакка Саха театрын салалтатыттан көмө көрдөһүллүбүтүн, театр дириэктэрэ П.Т.Макаров бырайыагы олус суолталааҕынан, кэрэхсэбиллээҕинэн ааҕан, үөрүүнү кытта биһиги колледжпыт дириэктэринээн Н.П.Мурукучаевалыын бу бырайыак олоххо киирэрин туһугар, бииргэ үлэлэһии сөбүлэҥин түһэрсибиттэрэ.
Манна П.Ойуунскай аат. Саха театра уонна С.Ф.Гоголев аат. Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж Сахабыт сирин уһулуччулаах государственай уонна политическай деятеллэрин, сахабыт государственноһын төрүттээччилэрин чулуу ааттарын үйэтитии, үүнэр көлүөнэҕэ сүгүрүйэр ытык иэһи иитии биир бастыҥ көрүҥэ буолуо диэн эппиттэрэ.
Спектакльга колледж студеннарын кытары бииргэ театр идэтийбит артыыстара оруолларга киириэхтэрэ. Дьиҥнээх артыыстардыын сценаҕа бииргэ туруу, кинилэртэн сүбэ – ама ылыы, театр дьикти эйгэтигэр уһуйуллан ылыы долгутуулаах, үөрүүлээх түгэннэрин билиэхтэрэ.
“Семинария паартатыттан автономия трибунатыгар” диэн спектакль сценарийын П.Ойуунускай айымньыларыттан, “Учительству сердце отдаю…” колледж историятын кинигэтиттэн, Д.Ф.Наумов “Республика” – пьесатыттан И.П.Пестряков “Максим Аммосов бастакы политическай хардыылара” – кинигэттэн уо. д. а. литератураны туһанан таҥан суруйда туруорааччы режиссер И.Новиков.
Баҕарабын бу икки үөрэх уонна искусство тэрилтэлэрэ сахабыт уһулуччулаах уолаттарын ааттарынан бииргэлэринэн киэн туттан туран, бу дьоһуннаах үлэни чиэстээхтик толороллоругар. Бука барыларыгар айымньылаах үлэни, дьолу – соргуну! Туругурдун тапталлаах Сахабыт сирин театральнай искусствота уонна эдэр ыччата!