«САХА ОМУК ТЫЛА
ҮРҮЙЭ УУТУН КУРДУК СЭРГЭХ,
СИР СИМЭҔИН КУРДУК СИЭДЭРЭЙ…” Амма Аччыгыйа
«Саха төрүт тылын, суругун – бичигин» күнүгэр аналлаах олунньу 13 күнүгэр «Алын сүһүөх кылаас учууталларын бэлэмниир салаа» С.Ф.Гоголев аатынан Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж үрдүнэн «Саха төрүт тылын, суругун – бичигин күнүн» бэлиэтиир «САХАЛЫЫ ДЬЫКТААН» уонна «АМАН ӨС» күрэһин биллэрэн, устудьуоннары, учууталлары бэлэмнээн сүрдээх тэрээһиннээхтик ыытта.
Сыала – соруга: Төрүт тыл, сурук – бичик култууратын суолтатын үрдэтии, билиини хаҥатыы, таба суруйуу үөрүйэҕин олохсутуу, үүнэр – көлүөнэ педагог төрүт тылынан суруйар, ааҕар, кэпсиир, көнүл саҥарар дьоҕурун сайыннарыы.
Сахалыы дьыктаан суруйуутугар уопсайа 142 киһи кытынна, 120 устудьуон, 22 – колледж үлэһиттэрэ уонна учууталлара. Дьыктаан – быһа холоон30 мүн. тэрилиннэ. Н.Е.Мординов – Амма Аччыгыйа Сааскы кэм арамааныттан, төрдус түһүмэҕиттэн быһа тардан бэрилиннэ. Уопсай сыанабылынан устудьуоннар да, учууталлар, үлэһиттэрда көхтөөхтук кытыннылар, тус билиилэрин, таба суруйууларын чопчулуур эйгэҕэ киирэн өрө көтөҕүүлээхтик үлэлээтилэр.
Сахалыы дьыктаан – 2018 сыллааҕы түмүгэ:
1 миэстэ – Бравина Айкуо ПвНК 16 б;
2 миэстэ – Аргунова Сардана ПвНК 17 б, Афанасьева Марина ПвНК 15 а;
3 миэстэ – Кычкина Евдокия ПвНК 15 а, Павлова Снежана ПвНК 15 а.
Учууталларга уонна үлэһиттэргэ:
1 миэстэ – Санникова Э.И. омук тылын учуутала;
2 миэстэ – Волкова М.В. нуучча тылын учуутала, Фадеева П.В. нуучча тылын методикатын учуутала, Федорова М.Г. алын сүһүөх кылаас учууталларын бэлэмниир салаа педпрактикатын сэбиэдиссэйэ;
3 миэстэ – Данилова К.Е. оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолору иитэччитин бэлэмниир салаа учуутала.
Бүтүн колледж үрдүнэн тэриллибит Сахалыы дьыктааннары бэрэбиэркэлээбит, сурук – бичик алҕаһын буларга, сыанабыл таһаарбыт учууталларбытыгар Сергеева С.М., Сорокоумова М.Г., Таркова А.П., Федорова М.Г., Григорьев В.М., Дмитриева Н.В. барҕа махталбытын тиэрдэбит!
изображения не найдены