Олоҥхо саха норуотун тылынан уус–уран айымньытын саамай үрдүк чыпчаала, үйэттэн үйэлэр тухары көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн испит дириҥ ис хоһоонноох айымньыта буолар. Быйыл 2019 сыллаахха Олоҥхо Дэкээдэтин чэрчитинэн М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-илиҥҥи Федеральнай университет, Олоҥхону чинчийэр научнай институт,Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай библиотеката, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Олоҥхо ассоциацията 1 Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Олоҥхо дьыктаана” диэн аахсыйаны биллэрбитэ. Аахсыйа сыала сахалыы таба суруйуу үөрүйэҕин сайыннарыы уонна олоҥхо баай тылынан-өһүнэн билиини-көрүүнү кэҥэтии буолар.
Сэтинньи 28 күнүгэр биһиги колледжка “Олоҥхо дьыктаанын” преподавателлэр Надежда Викторовна Дмитриева, Парасковья Викторовна Фадеева, Саргылана Михайловна Сергеева тэрийэн ыыттылар. Бу аахсыйаҕа барыта 74 устудьуон уонна 1 преподаватель кытынна. Ордук көхтөөх кыттыыны алын кылаас учууталын идэтигэр үөрэнэр устудьуоннар ыллылар: ПвНК-18А (тьютор Евдокарова Е.А.), ПвНК-17А (тьютор Таркова А.П.),КП-18 (тьютор Дмитриева Н.В),КП-17(тьютор Фадеева П.В.).
Дьыктааҥҥа П.А. Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун киириититтэн Аан ийэ дайды үөскээбитин туһунан быһа тардыыны суруйдулар. Бары кыттыбыт устудьуоннарга аахсыйаҕа кыттыбытын туһунан Туоһу сурук бэриллэр, биир да алҕаһа суох суруйбут устудьуоннар анал Дьупулуомунан наҕараадаланаллар.
Олоҥхо дьыктаанын түмүгэ
1 миэстэ
1 | Макарова Марья | 3 курс КП-17 |
2 | Ноговицына Дайаана | 3 курс КП-17 |
2 миэстэ
1 | Карамзина Евгения | 3 курс КП-17 |
2 | Аммосова Саргылана | 2 курс ПвНК-18А |
3 | Баишева Наталья | 2 курс ПвНК-18А |
4 | Петрова Мария | 2 курс ПвНК-18А |
5 | Петухова Марина | 2 курс ПвНК-18А |
6 | Иванова Яна | 2 курс ПвНК-18Б |
3 миэстэ
1 | Семенова Саина | 1 курс КП-19 |
2 | Яковлева Сияна | 3курс ПвНК-17А |