Төрөөбүт тыл түмэр түһүлгэтэ

Олунньу 26 күнүгэр алын кылаас учууталларын бэлэмниир салаа 1-2 куурус устудьуоннара үһүс сылын ыытыллар, үгэскэ кубулуйбут “Төрөөбүт тыл  түһүлгэтигэр”  муһуннулар.

Быйылгы тэрээһин  саха биллиилээх поэта, үгэһитэ, тылбаасчыта,гражданскай уонна Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттыылааҕа, биһиги үөрэнэр кыһабыт- Дьокуускайдааҕы педтехникум-выпускнига  Саввин Степан Афанасьевич- Күн Дьирибинэ 115 сааһыгар ананна .

Устудьуоннар эрдэттэн бэлэмнэнэн 6 түһүмэҕинэн ыытыллыбыт күрэххэ кытыннылар:

1 түһүмэх Суруйааччы туһунан начаалынай кылаас үөрэнээччилэригэр аналлаах презентация

2 түһүмэх. Күн Дьирибинэ үгэлэрин хоһоонноохтук  ааҕыы күрэҕэ

3 түһүмэх Күн Дьирибинэ үгэлэрин  үөрэтиигэ уруок фрагменын ыытыы

4 түһүмэх «Бастыҥ буочар» күрэх

5 түһүмэх  Күн Дьирибинэ тылбаас айымньыларын хоһоонноохтук  ааҕыы күрэҕэ

6.түһүмэх Аннотация «Музей матырыйааллара кэпсииллэр…… »    Устудьуоннар күрэхтэргэ көхтөөхтүк кытыннылар,үлэлэри барытын бэйэлэрэ дьүүллээтилэр уонна бастыҥнары быһаардылар.

Суруйааччы олоҕун, айар үлэтин  арыйар бастыҥ презентацияны 2 ПвНК-Б куурус устудьуона Айыллаана Жиркова оҥорон кэпсээтэ.Дьүүллүүр сүбэ презентация ис хоһооно толорутун,тыла-өһө начаалынай кылаас үөрэнээччилэригэр сөптөөҕүн бэлиэтээтилэр.

1 КП устудьуоннара «Сахсырҕалаах таракаан” үгэни оруолларынан  оонньоон “ Бастыҥ үгэ толорооччу” аатын ыллылар.Бу группа устудьуоннара поэт тылбаастаабыт “Дядя Степа” айымньытын ааҕыыга эмиэ бириистээх миэстэҕэ тигистилэр.

Күн Дьирибинэ тылбаас айымньыларын хоһоонноохтук  ааҕыы күрэҕэр “Доктор Айболит” остуоруйаны оонньоон көрдөрбүт  1 ПвНК-17А устудьуоннара 1 миэстэни ыллылар.Кинилэр үгэни ааҕыыга 2 миэстэни ыллылар.

“Тураахтаах Күүдээх” диэн үгэни үөрэтиигэ  уруок фрагменын 2 ПвНК  куурус устудьуоннара Надя Неустроева,Петр Кобяков     ыыттылар.Уруок фрагменыгар айымньыны ылыныыга бэлэмниир киирии бэсиэдэни,айымньы ис хоһоонун, сүрүн санаатын  ырытыыны көрдөрдүлэр. Дьүүллүүр сүбэ Надя Неустроева (2 ПвНК-16-А)  ыыппыт уруогун бастыҥынан ааттаата.

«Бастыҥ буочар» күрэххэ  Күн Дьирибинэ хоһооннорун  каллиграфическай буочарынан устууга 1 ПвНК-А куурус устудьуона  Айыына Григорьева бастаата.Иккис куурус устудьуоннара Олеся Винокурова, Арина Трифонова үлэлэрэ бэлиэтэннэ.

«Музей матырыйааллара кэпсииллэр…… » түһүмэххэ устудьуоннар Күн Дьирибинэ туһунан колледж музейыгар баар матырыйааллары билиһиннэрдилэр. Манна бастыҥнарынан  Альбина Христофорова (2 ПвНК-А) уонна Сардаана Аргунова (1 ПвНК-Б) ааттаннылар.

Тэрээһиҥҥэ ордук көхтөөхтүк кыттыбыт 1 КП,1ПвНК-17А группалар тэрийээччилэригэр Валя Сторожеваҕа, Катя Стручковаҕа,сылын аайы ситиһиилээхтик кыттар 2 куурус устудьуоннарыгар: Надя Неустроеваҕа, Айыллаана Жирковаҕа, Альбина Христофороваҕа,  Дьүүллүүр сүбэҕэ кыттыбыт устудьуоннарга, преподавателлэргэ,музей үлэһитэ   Ксения Константиновна Улюсоваҕа махтанабыт.

Күн Дьирибинэ үгэлэрэ начаалынай оскуолаҕа ааҕыы уруоктарыгар үөрэтиллэллэр,онон маннык ис хоһоонноох тэрээһин устудьуоннар инники үлэлэригэр туһалаах буолуо диэн эрэнэбит.

 

Саргылана Михайловна Сергеева,

алын кылаас учууталларын бэлэмниир салаа преподавателэ,

«Төрөөбүт тыл түһүлгэтин” тэрийээччи

 

изображения не найдены

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *