Киэҥ-далай күөнүгэр күн күөлэһийэ оонньообут тапталлаах Сахабыт Республикатын күнэ сыл аайы муус устар 27 күнүгэр бэлиэтэнэр. Саха сирэ автономнай республика быһыытынан тэриллибит күнэ буолар.
Биһиги оскуолабытыгар Республика күнүгэр анаан кылаас чаастара буоллулар. Бу күн оҕолор, учууталлар бары сахалыы таҥастаах кэлэн киэркэйдилэр. «Саха сахатынан кэрэ” дииллэринии омукпут сиэдэрэй таҥаһын кэтэн сирэйдиин сырдаан сырыттылар.
Кылаас салайааччылара эрдэттэн бэлэмнээн «Саха сирин устун” интерактивнай оонньуу, кылаас иһигэр кэпсэтии, бырааһынньык быһыылаан араастаан тэрийэн ыыттылар. Оҕолор өйдөрүгэр өйдөбүнньүк күн буолла диэн сыаналыыбыт.
Баҕарабыт Сахабыт Республиката сайдан, барҕаран иһиэҕин! Биһиги, үүнэн эрэр көлүөнэ ыччата, ол туһугар үлэлииргэ, үөрэнэргэ кыһаллыахпыт!