Бүгүн Саха музейын балаҕаныгар көмүлүөк оһох тула оллоонноон олорон, өлбөт-сүппэт сырдык тыыннаах, үйэттэн үйэлэр тухары, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн кэлбит сүдү айымньыбыт – Олоҥхо декадатын чэрчитинэн “Олоҥхо алыптаах эйгэтэ” диэн тэрээһин буолан ааста.
Олоҥхо – саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын үрдүк чыпчаала, барҕа баайа. Бухатыырдар геройдуу охсуһууларын, сырдык-хараҥа күүстэр утары турууларын көрдөрөр, саха киһитин, айыы аймаҕын күүһүн-уоҕун, кыаҕын, өйүн-санаатын, үтүөтүн уруйдуур-айхаллыыр бөдөҥ эпическэй айымньы буолар.
Олоҥхону толорооччу олоҥхоһут – айылҕаттан айдарыылаах, сүдү талааннаах киһи. Кини дорҕоонноох тойуксут, алгысчыт, сээркээн сэһэнньит, алыптаах остуоруйаһыт, чабырҕахсыт уонна үгэһит буолар – ол иһин олоҥхону “биир киһи театра” дииллэр.
Ол курдук, 2005 сыллаахха ЮНЕСКО саха олоҥхотун үрдүктүк сыаналаан киһи-аймах чулуу айымньытынан билиммитэ. Онтон 2006 сыллаахха Саха республикатын оччотооҕу президенин В.А. Штыров уурааҕынан сэтинньи 25 күнэ Олоҥхо күнүнэн биллэриллибитэ. 2008 сыллаахха кулун тутар 15 күнүгэр Олоҥхо театра тэриллибитэ.
Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ Саха музейын директора Николай Бугаев, Олоҥхо театрын биир талааннаах, чаҕылхай артыыһа Гаврил Менкяровуонна С.Ф. Гоголев аатынан Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж 1, 2 куурсунустудьуоннара кыттыыны ыллылар.
Гаврил Менкяров Николай Шамаев –Чопчухаан “Дьоруо хоҥор аттаах, дьоллоох-соргулаах Дьорҕостой Бэргэн” олоҥхотуттан быһа тардан толордо, оҕолор олус сэҥээрэн иһиттилэр.