Оҕо уонна Дьиэ кэргэн сылыгар аналлаах тэрээһин

Ыам ыйын 18 күнүгэр Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж оскуолата Оҕо уонна дьиэ кэргэн сылыгар аналлаах тэрээһин ыытта. Кылаас бары Дьиэ кэргэн уонна Оҕо сылыгар анаммыт парадка араас плакаттарынан, шариктарынан, былаахтарынан киэргэнэн сэлэлии хаамтылар.

Айылҕаҕа тахсыбыт дьон саха омук сиэринэн сирбитин – дойдубутун, айылҕабын арчылааһынтан саҕалаатыбыт. Арчылааһыны алгысчыт Виталий Очиров иилээн – саҕалаан ыытта. Ол кэнниттэн оҕолор үнкүүлээн тэйдилэр, Отуттан тахса оҕо, 2 – 3 кылаас үөрэнээччилэрэ фольклорнай композиция (сал. Дмитриева Н.В.) көрдөрдүлэр, хомуска оонньоотулар, чабырҕах аахтылар, оһуохайдаатылар. Тэрээһин сүрүн чааһыгар дириэктэри уопсай уерэхтээһиҥҥэ солбуйааччы Иванова Н.И. уерэх дьыла тумуктэнэн эрэринэн оҕолору эҕэрдэлээтэ уонна туйгун, учугэй үөрэнээччилэргэ дириэктэр аатыттан грамота туттартаата. Культурнай программа уопсай оҕолор, төрөппуттэр, учууталлар оһуохайдарынан түмүктэннэ.

Тэрээһиҥҥэ олус учугэйдик «Маанылаах түһүлгэ», «Сахалыы астаах сандалым» курэхтэр кылаастар икки ардыгар  буоллулар. Бу күрэххэ төрөппүттэр эрдэттэн бэлэмнэнэн, түһүлгэлэрин сахалыы тупсаҕайдык киэргэтэн, элбэх астаах мааны остуолларын тардан оҕолору, төрөппуттэри, ыалдьыттары күндүлээтилэр. Бу күрэхтэргэ маннык түмүк таҕыста:

«Маанылаах түһүлгэ»:

1 м – 2 А кылаас

2 м – 2 Б кылаас

3 м – 1 А кылаас

«Сахалыы астаах сандалым»:

1 м – 3 Б кылаас

2 м – 2 А кылаас

3 м – 1 Б кылаас

Тэрээһиммит саамай күүтүүлээх күрэҕэ «Айар куттаах дьиэ кэргэн» буолла. Барыта 6 дьиэ кэргэн наһаа бэлэмнэнэн, долгуйан кэлбиттэр, тэрээьиммитин олус киэргэттилэр. Күрэх түмүгүнэн:

1 миэстэ – Максим Терехов, Анжелика Айаловна, Александр Александрович Лукиннар, 2 А кылаас дьиэ кэргэнэ

2 миэстэ – Оконешникова Таня ийэтинээн Иванова Александра Степановналыын, 3 А кылаас дьиэ кэргэнэ

3 миэстэ – Саша, Лена Егоровна, Борис Борисович Дьяконовтар, 3 Б кылаас дьиэ кэргэнэ.

Ону таһынан спортивнай күрэхтэр «Ыстаҥа”, “Кыыс эккирэтиитэ” буоллулар. Оҕолор көхтөөх кыттыыны ылбыттара киһини үөрдэр. Кэрэчээн кыргыттарга уонна ийэлэргэ «Уһун суһуох» күрэҕэ буолла. Саамай уһун суһуохтаах Калачева Туйаара, 2 А кылаас үөрэнээччитэ – 11 тутум, 6 тарбах (улахан киһи тутумунан) буолла.

Күндү төрөппүттэрбитигэр тэрээһиҥҥэ күүс-көмө буолбуккутугар барҕа махталбытын тиэрдэбит! Барыгытыгар үтүө, туһалаах сайыны баҕарабыт!