Олунньу – Одун Хаан ыйа. Олунньуга сиргэ Одун Хаан чугаһыыр. Кини чиҥ эйгэни айбыт күүс. Ол иһин бу ыйга эти-сиини, буор куту бөҕөргүтүнэр үгэс баар. Маны таһынан, олунньуну Хомуһун ыйа диэн ааттыыллар, ол эбэтэр этэр тыл иччитэ, күүһүрэр кэмэ. “Этэр тыл иччилээх, этэр күүстээх” диэни билэбит. Хомуһуннаах тылтан сэрэнэр үгэстээхпит. Тыл ох уонна уот диэн өйдүүбүт. Бу ыйга тыл ис күүһүн туһанар анал кэм.
Олунньу 2 күнүгэр, Дьокуускайдааҕы Степан Филиппович Гоголев аат. педагогическай колледж устудьуоннарыгар Культурология предметын чэрчитинэн (уһуйааччы Дмитрьева Н.В.) «Одун Хаанна сүгүрүйүү» алгыс сиэрэ–туома ыытылынна, итиэннэ Арчы Дьиэтин үлэтин сүрүн хайысхаларын сырдаттыбыт. Көрсүһүү күргүөм оһуокайынан түмүктэннэ. Оһуокайы Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх, физкультура салаатын III–c кууруһун устудьуона Рустам Львов таһаарда
Бары ыччаттары, үөрэх кыһаларын устудьуоннары Арчы Дьиэтин алгыстаах түһүлгэтигэр күүтэбит.
Любовь Константинова