Күлүмүрэ Уус – Валентина Иннокентьевна Комиссарованы кытары көрсүһүү.
Валентина Иннокентьевна Комиссарова – Күлүмүрэ Уус-Алдан Бээрийтэтитн төрүттээх. Терапевт, спорт бырааһа, билигин пиэнсийэлээх. СӨ доруобуйа харыстабылын туйгунас СӨ «Гражданскай килбиэн» бэлиэтин кавалера, «Чөл олох» уопсастыбаннай пуонда, «Трезвая Якутия» хамсааһын чилиэнэ. Көҥүл хоһоонньут, тылбаасчыт.
Уус Алдан Бээрийэтиттэн төрүттээх, терапевт, успуорт бырааһа, «Чөл олох» хамсааһын көхтөөх чилиэнэ Валентина Иннокентьевна хоһоону 2016 сылтан суруйар. «Олох көрүгэр кыттыһан» диэн икки тылынан суруллубут маҥнайгы кинигэтэ 2019 сыллаахха күн сирин көрөн, ааҕааччыларга бастакы улахан бэлэҕин оҥорон, ааҕааччылар сэҥээриилэрин ылбыта. Валентина аҕата Иннокентий Григорьевич Охлопков кыраайы үөрэтэрэ уонна улуус хаһыатыгар кэрэспэндьиэнниирэ. Кэнники Дьокуускайга көһөн кэлэн баран, архыыптан тахсыбакка үлэлээн, Бээрийэтин оскуолатын, нэһилиэгин устуоруйаларын уонна бэйэтин тус олоҕун туһунан суруйан хаалларбыта, онон үс кинигэлээх. Онон, Валентина Иннокентьевна суруйар дьоҕура аҕатыттан бэрилиннэҕэ диэххэ эмиэ сөп.
Валентина суруйар дьоҕура арыллыбытыгар төрүөт буолбут буолуон сөп биир түгэни кэпсээбиттээх: Кини 2016 сыллаахха дьүөгэтэ 60 сааһын бэлиэтии Ньурба улууһугар «Сата» хайаҕа бара сылдьыбыттар. — «Сата» хайа хаһаайына Аар Саарын эйгэтигэр киирэн, бэйэбитин иһиллэммиппит, эттиин-сиинниин арыллан, хайдах эрэ, хоһоон долгунугар киирэн хаалбытым. Онтон ыла мин хоһоон суруйарбын ыһыктыбакка сылдьабын, ыһыктыбатарбын диэн баҕарабын, -– диэн сэмэйдик кэпсиир. Айар үлэнэн дьарыктанар киһи үксэ дьоҥҥо биллэр көмүскэл ааттаах буолуон баҕарар. Ааҕааччылар ол аатынан кинини эндэппэккэ билэллэр. Күлүмүрэ. Бу ааты ылынарыгар айылҕаттан айдарыылаах, Хатаска олорор саҥаһа Прасковья Егоровна Дегтярева-Боккуойа сүбэлээбит. Ол саҕана Валентина Иннокентьевна өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар чөл олоххо аналлаах ыстатыйалары суруйара. Саҥаһа биирдэ ыҥыран ылан: «Валя, эйиэхэ аат кэллэ», -– диэн соһуппут уонна алаадьы астаан алҕыы-алҕыы «Күлүмүрэ» диэн ааты иҥэрбит. Валентина төһө да Күлүмүрэ диэн «сүрэхтэннэр», саҥа аатын өр кэмҥэ туттубакка сылдьан баран, кэлин хоһоон суруйар буолан эрэ баран, ити аатынан поэзия хонуутугар киирбитэ. Валентина Комиссарова-Күлүмүрэ, бэйэтэ этэринии, айар үлэҕэ холонуута хойутаан да саҕаланнар, күнтэн күн аайы суруйар маастарыстыба үрдүүр, ырыата ыпсар, этэр тыла илбистэнэр, ааҕааччылар күүтэр бэйиэттэрэ буолла.
© edersaas.ru сайтан: https://edersaas.ru/sahalyy-eppite-sahalyy-nuuchchalyy-eppite-nuuchchalyy-tyy/