Муус устар 21 күнүгэр А.Е.Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 145 сылыгар уонна “Интеллигенцияҕа сурук” айымньыта суруллубута 110 сылыгар аналлаах “А.Е.Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕо, кыра оҕолорго анаммыт айымньылара” диэн 3 “б” кылааска библиотечнай уруок ыытылынна.
Өксөкүлээх Өлөксөй — Алексей Елисеевич Кулаковскай (16.03.1877 (эргэ халандаарынан 4 чыыһылаҕа), Уус-Амма нэһилиэгэ, Таатта улууһа, Саха уобалаһа — 06.06.1926, Москва) — саха литературатын төрүттээччи, поэт, наука араас көрүҥнэригэр маҥнайгы оҥкулу оҥорбут чинчийээччи, гуманист-философ.
Уруогу библиотекарь Анастасия Петровна Портнягина ыытта. Үөрэнээччилэр Кулаковскай олоҕун, айымньыларын туһунан презентацияны көрдүлэр, викторина ыйытыыларыгар хоруйдаан үгүс билиилэрин көрдөрдүлэр.