Бу босуобуйаны Саха Өрөспуубулукэтин үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, педагогическай үлэ ветерана Е.Н. Кириллина аан бастаан 1996 сыллаахха таһаатарбыта. Босуобуйаны, дошкольнай салаа учуутала А.Н.Федорова тупсаран, саҥардан эрээдиксийэлээн таһаартарда. Манна ахсаан маҥнайгы өйдөбүллэрин билиһиннэрэр уонна мындыр өйү сайыннарарга аналлаах дидактическай оонньуулар, араас логическай эрчиллиилэр, садаачалар, таабырыннар, тылдьыт уонна технологическай карталар киирдилэр.
Дьокуускайдааҕы Е.Г. Корнилова аатынан №51 “Кэскил”, №8 «Родничок” оҕо уһуйааннарын иитээччилэрэ “Түннүк” методическай босуобуйаттан оонньуулары, эрчиллиилэри үлэлэригэр хайдах туһаналларын көрдөрдүлэр.
Кинигэ сүрэхтэниитэ үрдүк тэрээһиннээхтик ааста. Республика араас муннуктарыттан «зум» нөҥүө кыттыбыт иитээччилэр сахалыы тыллаах үчүгэй босуобуйа тахсыбытын биһирээтилэр. Екатерина Николаевнаҕа уонна тэрийээччилэргэ дириҥ махталларын тиэртилэр.