Олунньу 13 күнүгэр аналлаах төрөөбүт төрүт тыл уонна сурук бичик күнүгэр, Литературнай ааҕыы сылыгар анаммыт сылын ахсын ыытыллар Аман Өс «Суруйааччы, айымньы, айар улэ сэhэнэ мин эйгэбэр» мини – ТЕД форматынан алын сүһүөх кылаас учууталыгар үөрэнэ сылдьар КП-20 уонна ПвНК-20 устудьуоннарыгар ыытылынна.
Бу буолбут тэрээhииҥҥэ бэйэлэрин санааларын, бэлэмнэммит тиэмэлэрин, сөбүлээн ааҕар айымньыларын уонна ытыктыыр суруйааччыларын туhунан ырыттылар.
Саха тыла – өркөн өйбүт
Саамай кэрэ, саамай күндү,
Умнуллубат, уостан түспэт,
Ийэ тэҥэ нарын – намчы,
Мунчаардахха, муунардахха,
Ырыа буолан саататар,
Сааамай уустук санаалары
Сатаан этэр кыаҕы биэрэр,
Ийэ тылбытыгар аналлаах
Дьоро күнү, күрэхпитин,
Саҕалыырбытын көҥүллээҥ.